РС (Якутия), Намский у., с. Сыгыннах, ул. И.Слепцова, д. 25

Арбынская сельская библиотека

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр Платон Алексеевич Ойуунускай  күн сирин көрбүт күнэ.

«Мин тылым — мин тохтор тойугум, Мин тылым — мин туойар хомуһум, Кэриэһим — кэннибэр хааларым: Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…» диэн улуу Былатыан Ойуунускай «Бырастыы» хоһоонуттан тыллары саха тыллааҕа барыта билэрэ буолуо.

Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр — Саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи, тыл үөрэҕэр бастакы дипломнаах учуонай, фольклору чинчийээччи, уһулуччулаах уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай — бэлиитичэскэй диэйэтэл Платон Алексеевич Ойуунускай  күн сирин көрбүт күнэ.

П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сылыгар аналлаах тургутук.

  1. Былатыан Ойуунускай 1914 сыллаахтан суруйан саҕалыырыгар маҥнайгы хос аата (псевдонима)?

— Таатта уола

— Дьаралыктыйа Былатыан

— Дьохсоруусап

  1. Е.М. Ярославскай сорудаҕынан суруйбут маҥнайгы хоһооно?

— «Уруйа улааттын»

— «Үлэһит ырыата»

— «Көҥүл ырыата»

  1. П.А. Ойуунускай дьиҥнээх араспаанньата?

— Сидоров

— Слепцов

— Сивцев

  1. 1920 с. Ойуунускай диэн араспаанньаны тоҕо ылыммытай?

— «Кыһыл Ойууну» суруйан баран

— Ойуун буолан

— Ойуун ууһуттан төрүттээх

  1. «Үс саха төрүөҕэр,

Үөрүүлээх күнүгэр

Мин ырыам ылланыа,

Мин аатым ааттаныа…»

Ханнык хоһоонуй?

— «Бырастыы»

— «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар»

— «Бу уоттаах бакаалы!»

  1. «Кыһыл Ойууҥҥа» Кутурҕан Куо диэн туох уобараһый?

— Аан дойду саныыр санаата

— Уот иччитэ

— Удаҕан

  1. «Кыһыл Ойуун» жанрын ааптар бэйэтин быһаарыыта.

— Драма

— Поэма

— Олоҥхо-тойук

  1. «Түүл дуу? Илэ дуу?» кэпсээн дьоруойа — уон улууһу кэрийэ сылдьан үлэлиир имииһит кимий?

— Иирбит Ньукуус

— Оппосустаан Боотур

— Сүөдэрэпээн оҕонньор

  1. П.А.Ойуунускай отут араас олоҥхоттон таҥан ханнык олоҥхону айбытай?

— «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн»

— «Дьулуруйар Ньургун Боотур»

— «Айдааннаах айаннаах ала буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур»

  1. «Улуу Кудаҥса» сэһэҥҥэ чолбон сулуһу кэрдэр ойуун аата?

— Кыһыл Ойуун

— Чачыгыр Таас ойуун

— Саһыл ойуун

  1. Көтөрдөр тойон талар, хандьытаат туруорар мунньахтарын туһунан хоһоон?

— «Мөккүөр»

— «Туйаарар туойбута»

— «Күн көрө»

  1. Айымньы аата? … «Үөрэхтэн матарым дьэ кэллэ — үтэлээ…»

— «Өйдөөх оҕо» кэпсээн

— «Хачыгыр» кэпсээн

— «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээн

  1. «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээҥҥэ күөл аата?

— Лабыҥкыр

— Халамнаайы

— Нидьили

  1. Ойуунускай хас сааһыттан олоҥхолуур буолбутай?

— 5

— 9

— 18

  1. Литэрэтиирэ, ускуустуба уонна архитектура уобалаһыгар уһулуччу айымньылар иһин П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ хас сыллаахтан олохтоммутай?

— 1966

— 1976

— 1986

Эппиэттэргитин 89679124228 күүтэбит.

Ситиһиини!