РС (Якутия), Намский у., с. Сыгыннах, ул. И.Слепцова, д. 25

Арбынская сельская библиотека

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

Олоҥхо күнүнэн!

Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус–уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буолар. Ол туһунан А.Е. Мординов суруйан турар: “Олоҥхо өйө-санаата дириҥинэн, ис хоһооно баайынан, тыла-өһө дэлэгэйинэн, уус-уран өртүнэн эҥкилэ суоҕунан, иэйиитэ күүһүнэн уонна нарынынан, кырдьык даҕаны уһулуччулаах айымньы…”

ОЛОҤХО ТУҺУНАН БИҺИГИ ТУГУ БИЛЭБИТ?

Саллар саас тухары олоххо

Саханы үрдэтиэ олоҥхо:

Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө,

Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө.

Күннүк Уурастыырап

  1. Олоҥхо диэн биһиги тугу ааттыыбытый?
  2. Олоҥхону саха фольклорун саамай үрдүкү, сиппит синтетическэй жанра диэн сыаналыыллар. Тоҕо?
  3. Олоҥхо хас сыллаахха айыллыбытый?
  4. Олоҥхоһут, сурукка-бичиккэ сурулларынан, бастакы бэйиэт, саха норуотун национальнай геройа. Кимий?
  5. Номоххо кэпсэнэринэн Манчаары Баһылай ханнык олоҥхолору толортообутуй?
  6. Олоҥхоһут суруйааччылары ааттаталаа.
  7. Толорор дьоҕурдарынан олоҥхоһуттары ханнык бөлөхтөргө арааралларый?
  8. Үһүйээннэр этэллэринэн бастакы олоҥхоһут, олоҥхону төрүттээбит кимий?
  9. Олонхо толоруллар ырыаларын көрүннэрин ааттаталаа.
  10. Кинигэни таһаарыыга олонхоҕо анаммыт ханнык серия баарый?
  11. «Олоҥхо дойдута» диэн музейы ким уонна ханна төрүттээбитэй?
  12. Биһиги үйэбитигэр тиийэн кэлбит, олохторун тухары анал стипендия ылар Ийэ олоҥхоһуттары ааттаа.
  13. Олоҥхоҕо анаммыт 30 хартыыналаах худуоһунньук-олоҥхоһут диэн кими ааттыылларый?

Эппиэттэргитин ахсынньы 4 күнүгэр диэри күүтэбит.