- 26.09.2026
- 85
- нет
Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственноһын күнэ

Саха бэйэтин бэйэтэ дьаһаныытын туһунан Саха сирэ Нуучча судаарыстыбатын састаабыгар киириэҕиттэн саха өркөн өйдөөхтөрө, хорсун санаалаахтара толкуйдаабыттара. Бу санаа XX үйэ саҥатыгар ордук күүскэ иһиллэр буолбута. Арассыыйа импиэрийэтин уларыта туппут дьалхааннаах хамсааһыннар Саха сирин эмиэ аймаабыттара. Саха үөрэхтээхтэрэ онтон туора турбатахтара.
Араас бэлиитикэ сүүрэннэрэ охсуһууларын түмүгэр 1922 сыллаахха Саха сирэ Иркутскай уобалас оройуонун эрэ курдук туруктанан хаалбыта. Маны, уонна кыһыл террору сөбүлээбэккэ элбэх саха дьоно (баһылыктара Георгий Ефимов) ВЯОНУ диэн ааттаах быстах кэмҥэ үлэлиир соруктаах хос (альтернативнай) бырабыыталыстыба тэриммиттэрэ. Оттон Саха сирин кыһыллар ааттарыттан салайан олорбут Аммосов, Бараахап уонна Ойуунускай Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын биэриини туруорсалларын тохтоппотохторо. Онон, бу чулуу дьоммут туруорсууларын уонна ВЯОНУ тэриллиититтэн дьаахханыы түмүгэр, 1922 сыл муус устар 22 күнүгэр Дьокуускайга баартыйа бюротун бөрөсүүдьүмүн мунньаҕар Саха уобалаһа мантан инньэ Аптанымыйалаах Социалистыы Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэ буоларын туһунан Манифест ылынныллыбыта, онтон аҕыйах хонон баран муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Сойуустааҕы Киин Ситэриилээх Кэмитиэт (ВЦИК) Саха АССР олохтонуутун туһунан дэкириэт таһаарбыта.
Биллиилээх государственнай уонна политическай деятель Илья Егорович Винокуров быйыл, 2026 сылга, төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэтиибит. Киэн туттар биир дойдулаахпыт туһунан төһө билэргин бэрэбиэркэлэниҥ.
Бэриллибит ыйытыылартан биир сөптөөх хоруйу талын.
- Илья Егорович Винокуров ханна төрөөбүтэй?
А. Нам оройуонун, Күрэҥ Ат нэһилиэгэр
Б. Нам оройуонун, Куһаҕан Ыал нэһилиэгэр
В. Нам оройуонун, Хатырык нэһилиэгэр
- Илья Егорович Винокуров иккис кэргэнин аата, туох идэлээх этэй?
А. Александра Алексеевна Трубицына, быраас
Б. Мария Перфильевна Эверстова, үөрэҕэ суох
- 1916 сыллаахха аймаҕа Винокуров Уйбаан Уйбаанабыһы кытта Булуҥҥа тугу гына барарый?
А. Балыктыы
Б. Күндү түүлээхтии
- Хас сыллаахха хомуньуус партияҕа киирбитэй?
А. 1919 сыллаахха
Б. 1921 сыллаахха
В. 1921 сыллаахха
- Намҥа бастаанньаһыттары утары уон киһилээх Михаил Новгородов этэрээтигэр сэриилэспитэ. Бу этэрээт аата ким диэн этэй?
А. “Кыһыл байыастар”
Б. “Кыһыл хотойдор”
В. “Хорсун хотойдор”
- Усуйаанаҕа үлэлээбит сылларын хаһан да умнубат этэ. Бу дойдуга сылдьан саамай истиҥник чугастык доҕордоспут дьонугар Хабырыыстаах Ньукуускаҕа баһыылка
ыыппыт эбит. Ол баһыылкаҕа туох баарай?
А. Биир киилэ чаркааскай сэбирдэх табах, биир киилэ чэй
Б. Биир киилэ чэй, киилэ аҥара куһуок саахар
В. Биир киилэ чаркааскай сэбирдэх табах, киилэ аҥара куһуок саахар.
- Илья Егорович Винокуров директордаах аан бастакы Нам оройуонун “Массыына тракторнай станцията” хас сыллаахха тэриллибитэй?
А. 1931 сыллаахха кулун тутар 1 күнүгэр
Б. 1930 сыллаахха олунньу 1 күнүгэр
В. 1931 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр
- “Чэй эрэ, доҕоттор, туойоҕуҥ
Эҥсиэлим хомпоруун хотойун!
Кырдьыга кылбайан тахсыбыт
Эр бэрдин, сахабыт саарынын!” – И.Е.Винокуровка анаммыт уостан түспэт ырыа автора кимий?
А. В.В. Ущницкай — Сэки
Б. Ю.В.Потапов – Саргын
В. И.А.Бубякин – Чөҥөчөх
- Илья Винокуров сэллик уонна трахома ыарыы утары үлэни күүскэ ыыппыта. Ол курдук Намҥа бастакы туберкулезнай балыаһа ханна аһыллыбытай?
А. “Ньукуолускай Сайыымпата” диэн сиргэ
Б. “Тойот Мэҥэтэ” диэн сиргэ
В. “Арыы кыынньарбыт”диэн сиргэ
- Нам улууһугар бастакы улахан тутуунан мөлтөх доруобуйалаах оҕолорго анаан “Лесной оскуола” тутуута буолбута. Бу бэрт үгүс объектардаах улахан комплекс билигин туох буолан турарый?
А. Хатыҥ-Арыы оскуолата
Б. Намнааҕы педколледж
В. Графтааҕы техникум
- Илья Егорович Винокуров Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха дьонугар саамай улахан, умнуллубат үтүөтэ тугуй?
А. Итии, түүлээх таҥаһынан хааччыйбыта
Б. Хас биирдии оҕо оскуолаҕа үөрэнэрин ситиспитэ
В. Хоргуйан өлөртөн быыһаабыта
- 1965 сыллаахха ханнык улуус Илья Винокуровка анаан памятник туруорбутай?
А. Булуҥ
Б. Муома
В. Өлөөн
- Былатыан Ойуунускайы кытта ханна билсибитэй?
А. Сэбиэскэй баартыйалаахтар куурустарыгар үөрэнэ сылдьан
Б. Таттаҕа үлэлиир сылларыгар
В. Политсыльнай П.И.Кравченко үөрэтэр кэмнэригэр
- СР ханнык Президенин ыйааҕынан Нам улууһун Хатыҥ- Арыы орто оскуолатыгар И.Е.Винокуров аата иҥэриллибитэй?
А. Е.А.Борисов
Б. В.А.Штыров
В. М.Е.Николаев
- Усуйаана олохтоохторо Ылдьаа Винокуров аатын хаһан да умнуохтара суоҕа. Ол туоһутунан кини аатын ханнык нэһилиэк оскуолатыгар иҥэрбиттэрэй?
А. Хаһааччыйа
Б. Тумат
В. Хайыр
Эппиэттэргитин 89679124228 күүтэбит.
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко

